Читать онлайн книгу «Кытылга кыыс ытыыра» автора Галина Нельбисова

Кытылга кыыс ытыыра
Галина Васильевна Нельбисова
Орто дойду оло?ун тыынныыр, ки?и дьыл?атыгар араастаан к?ст?н аа?ар дьикти, нарын иэйии – таптал ардыгар му?ура суох дьоллуур, ардыгар олустук хомотон, ытатар-ыллатар, ха?ан да умнуллубакка с?рэх т?гэ?эр кистэнэн, кэрэ?э сирдиир, угуйар сулус буолан тырымныыр.
Журналист Галина Нельбисова кэпсээннэригэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, к??т?лл?бэтэх ?тт?ттэн са?а баар буолбут иэйиигэ ылларыы, та?нарыы кэргэнниилэр сы?ыаннарыгар ??ск??р араас уустук бы?ыы-майгы н???? ойууланар.

Галина Васильевна Нельбисова
Кытылга кыыс ытыыра…

Кэпсээннэрин аа?ан ??рд?м
Уонтан эрэ тахса сыллаа?ыта кыргыылаах баттахтаах кыргыттар хал?а?алара саха литературатын саба б?р??к??р атаакалара са?аламмыта. Ол бастаан ар?аа у?уктан аа?наабыта – Сунтаар кыргыттара сулбу ойон тураннар (Сайа, Венера) уус тыллаах хо?ооннорунан уйул?аны хамсаппыттара. Онтон кинилэргэ уруккуттан суруйар Клара Васильева Ньурбаттан кынаттарыгар кытты?ан ?р?г?йд??х тылы ?сс? ?р? к?т?пп?тэ, ол кэнниттэн Б?л?? куоратыттан Уйул?аана олорсон устар ууну сомо?олообута… Ити кэм?э илин ?тт?б?т?ттэн илбистээх тыллаахтар кэккэлээн киирбиттэрэ – Умсуура, уолаттары умса садьыйталаат, о?онньоттору ойо?олоон ааспыта, саталаах тыллаах Саргы Куо са?а к?н тыкта?ын ахсын сайдан-тыллан испитэ, Амматтан эмиэ алыптаах са?алаах Сардаана Амгинская са?ыллан та?ыста!
Поэзия?а дьэ ити курдук, бы?ыты то?о тарпыттыы, кыргыттар к?рг??м?нэн биирдэ к??? анньан киирдилэр. Оттон проза, драматургия эйгэтигэр бастаан чуумпу со?ус этэ, онон-манан эрэ, сэниэтэ суох фонтаннардыы, ?р?тэ тыгыалаан к?р?-к?р? уостан и?эллэрэ. Ол эрээри мин, ха?ыаттарга ?лэлиир публицист, очеркист кыргыттары аа?а-аа?а, к??тэр этим – прозабытыгар эмиэ кыргыттар то?о анньан киирэллэрэ буолуо диэн. То?о диэтэххэ, ха?ыат, сурунаал, телерадио ?лэтэ, ол эбэтэр журналистика, уус-уран айымньыга киириигэ бастакы уонна эрэллээх олук буолар. Нуучча биллиилээх суруйааччылара ха?ыаттан ??нэн тахсыбыттара, омуктар да оннуктар этэ (холобура, Хемингуэй), оттон саха суруйааччыларын ?кс?лэрэ бэчээккэ ?лэлээбиттэрэ. Кыргыттар литература?а к?рг??м?нэн анньан киириилэрэ били??и кэм?э сокуоннай – бэйэтин айыл?атынан кыыс о?о нарын-намчы, иэйиилээх уйул?алаах уонна куттаах-с?рдээх, онон кэрэни, ?т??н? ылба?айдык ылынымтыа. Аны туран ол да бы?ыытынан уонна эмиэ айыл?аттан кини иитэр, ??рэтэр-такайар аналлаах – санаан к?р??: ??рэ?э суох саха ийэлэрэ-эбэлэрэ т???л??х ?г?с о?олорун, сиэннэрин иитэн, с????хтэригэр туруоран ки?и о?орон та?аарбыттара буолуой! Оттон били??и кыргыттар ити ?т?? айылгыларын та?ынан ?сс? ?рд?к ??рэхтэнэн билии-к?р?? б???н? ыллылар, аан дойдуну иилии эргийэн культуралара ?рдээтэ, ис эйгэлэрин туруга б???рг??т? – кинилэр хайа да нуучча, омук кыргыттарыттан-дьахталларыттан бэйэлэрин итэ?эстик санамматтар. Онон, былыргылыы эттэххэ, ки?и сатыырын кини то?о сатыа суохтаа?ый?!
Т?бэ?эн аахпаппынан уонна соло да буолбаккабын, мин били??и сахалыы прозаны барытын кыайан билбэппин буолан баран, а?а?ас к?хс?м то?о эрэ сэрэйэр. Дьиибэ ба?айы, тумуулаары гыммыппын аан бастаан к?хс?м билээччи – кини дьагдьайда да, ол аата сэрэтэр, дьа?алла ылына о?ус диир: ытырдан, с?т?лл?н киирэн барабын, муннум уута с??рэр… «К?хс?б?нэн сэрэйдэхпинэ» диэн т?р?ттэрбит ол и?ин уос номо?о о?остоллоро эбитэ буолуо. Дьэ ол «сэрэйдэхпинэ», прозаик кыргыттар ??скээн-тахсан эрэллэр. ?сс? саха кырдьа?астара: «Сэрэйбит да, к?рб?т да биир», – диэн этэр буолаллара, ол эмиэ саамай с?п эбит.
Мин Галина Нельбисова уус-уран суруйууга сыстыа?а диэн сэрэйэр этим – кини очеркалара уус-уран ?тт?нэн олус табыллыбыт буолаллар, ис хо?оон да ?тт?нэн киэ? аа?ааччыны кэрэхсэтэллэр, долгуталлар.
Кэпсээннэрин аа?ан с?рдээ?ин ??рд?м. Тыла-??? оннук уурбут-туппут, уус ки?и ыпсарбытын курдук ?ч?гэй. Саамай с?б?лээбитим – бу уон кэпсээнин ис хо?ооно барыта би?иги б?г???? олохпутун к?рд?р?р, аныгы ыал, дьиэ кэргэн сы?ыана. «Табыллыбатах абонент» геройа Егор Саввич кы?ал?атын кырдьа?ас дьон тута ?йд??хтэрэ уонна бэйэлэригэр чугастык ылыныахтара. Атын кэм, атын олох, туспа эйгэ о?олоро, ордук киньиит, кинилэргэ «араабы» буолар о?онньору истэригэр соччо киллэриэ суохтарын с?п, оттон о?онньор эмиэ бэйэтин курдук огдообону, куорат эмээхсинин Марфа Михайловнаны, булсан бииргэ ?й???н олороору тиийбитин эмээхсин туспа олорор уола кэлэн бэлэм дьиэ?э бэрт буолан киирэ?ин диэн ??рэн та?аарарын эмиэ ?йд??г?н: ол б?г???? олохпут иитиитэ. Куорат таас дьиэтигэр квартира билигин м?л?й??н?нэн сыаналаах хамнаабат хаппытаал – «ийэм урут ?лл???нэ дьиэ бу туора ки?иэхэ тиксэр» диэн били??и олох сиэринэн баайга хара?арыы т?рд? дьэ итиннэ сытар. Урукку кэм буоллар, уол со?ото?ун тэ?ийбэт ийэм му?наах ?ч?гэй о?онньорго т?бэ?эн нус-хас суула?ан олордоллор диэн ??р??хтээх этэ. Биэс уонуттан лаппа тахсыбыт Павел Ильич («Кырдьыгы эппэтэх ордук») тыа?а-уу?а суох дьахтар булунан ба?атын ханнаран кистээн «аралдьыйа» т??ээри гыммытын киньиитэ ал?ас билэн кэби?эн тойонуттан кэлэйэн, тугу да уорбалаабакка о?онньорун ?лб?р?йэр аакка сылдьар хотунун а?ынан, кэлин мин кэргэним эмиэ итинник буолуон с?п диэн санаа б????? т??эр. «Ыал дьолун т?стээтэ?э» кэпсээ??э Анна Семеновна т?р??т?н кытта ииттэрэ биэрбит к?р? да илик кыы?а кэргэн тахсаары саахсаланарын истэн, чугас тыаттан куоракка кэлэн кистии-саба к?р?н му??а-та??а т??эрин хайа ба?арар ийэ, кыыс харааста аа?ыа?а. Саа?ыран и?эн огдообо Володя?а кэргэн барбыт Анфиса са?а оло?ор, суох буоллар да, ха?аайка бокуонньук к?л?гэ т??эн (Володя таптыыр кэргэнин букатын умнубат) эрэйи к?рд?рб?т?н («Олох сал?анар аналлаах»), Хочуолунай Биичэ («А?а кэ?иитэ») и?эн-а?аан тэмтэрийэ да сыстар к?нн?р?нэр кыахтаа?ын, оттон Оля, Андрей, Софья «?с муннук» («Оо, то?о, то?о?») у?уктанан-кырыыланан хаалбыт олохторун муннуктара кыайан кыларыйбакка ????н ?йд?р?-санаалара му?-кы?ал?а б???т?гэр эриллэрин с?рэххинэн-быаргынан ылына, итэ?эйэ аа?а?ын.
Галина Нельбисова кэпсээнньит бы?ыытынан хас да уратылаах. Бастакытынан, тыла-??? хомо?ой, ?ч?гэй диэбитим (оннук буолбата?ына, кэпсээнньит да дэниэ суохтаах этэ). Икки?инэн, били??и дьиэ кэргэн тематыгар суруйар, кини ону ???н-талатын хойуннара, н????ттэн н???? на?аа т??э сатаабат: ?ч?гэй геройдара ки?и бы?ыытынан туох эмэ итэ?эстээх, м?лт?х геройдара ?т?? ?р?ттээх, итэ?эстэрин к?нн?р?нэр кыахтаах буолаллар. Инньэ гынан аа?ааччы к??ппэтэх, таайа охсубат т?гэннэрин арыйар: сюжет хайдах сайдан и?эрин кэтэ?э, сэргэ?элии олоро?ун. ?с???нэн, кини геройдарын ис туруктарын, кинилэр ?йд?р?н-санааларын, дуу?аларын психологическай хамсаа?ынын сатаан биэрэр.
Бу кэпсээннэр т?м?ллэн, биир сутурук буолан, кинигэнэн та?ыстахтарына аа?ааччыны хайаан да кэрэхсэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

    Семен Руфов,
    саха народнай суруйааччыта

Эйиэхэ, Тапталинабар…
Инна урут эдэр сылдьан дьыл кэмиттэн саамай ордороро саас этэ. Халлаан дьыбара тахсан, к?нэ улам-улам сылыйан, салгына ураты чэбдигирэн истэ?ин аайы кини с?рэ?э эмиэ сылаа?ынан, сырдыгынан туолара. Олоххо а?аардас кэрэ к??т??лээх саас эрэ кэлиэхтээх курдуга. Устудьуоннуу сылдьан сааскы нуурал киэ?элэргэ дь??гэлэриниин буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ, к?лэ-??рэ куорат устун хаамсаллара, ??к?? киэ?элэриттэн арыт ??рэн-к?т?н, соро?ор хомойон, ыта?ан-со?о?он тар?а?аллара. Билигин ол бэйэлэрэ бары тус-туспа дьыл?аланан, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан, этэргэ дылы, ыйаахтара ыйбытынан ыраа?ынан-чуга?ынан тэлэ?ийэн олороллор. Ыал буолбакка со?отох саа?ыран эрээччилэр эмиэ бааллар. Инна саамай чугас дь??гэтэ Ася эмиэ кэмигэр оло?ун о?остубакка, билигин ончу да олус «?йд?н?н», холкутугар т??эн олорунан кэбистэ. Бэйэтэ биир хостоох, толору хааччыллыылаах дьиэлээх, ?сс? бу бэртээхэй даачалаах. Биэс-алта сыллаа?ыта айыл?а анаан о?орбутун курдук кэрэ миэстэ?э турар, дьо?ус эрээри, ?ч?гэйкээн дьиэлээх даачаны атыыласпыта. Тыаттан убайдара, бырааттара мустаннар дьиэ силигин ситэрэн, са?аттан олбуордаан биэрбиттэрэ.
Инна ?гэ?инэн, к???н буолла да, дь??гэтигэр Ася?а анаан-минээн хас да к?н сынньана, мас дьиэ салгыныгар астына утуйа кэлэр. Олох ??р??т?н, хомолтотун барытын амсайан дуу эбэтэр саа?ыран дуу, кини аны к?????? кэми олус с?б?л??р. Ара?ас к?м?с ???нэн сууламмыт к??????, и?иллээбит курдук уу чуумпу ойуур устун аргыый хаамар кэрэтигэр умсугуйар буолбута ыраатта. Ася дьиэтин хойуутук ??мм?т хаты?, тиит мас тулалыыр буолан, тэлгэ?э та?ыттан ырааппакка к?????? к?ст?? ураты кэрэтинэн дуо?уйуохха с?п. Онон бу к?ннэргэ дь??гэлиилэр, о?охторун быргыччы оттон баран ??ттээх чэй и?э-и?э, к?????? арда?ы и?иллииллэр, ара?ас сэбирдэхтэр тэлээрэн т??эллэрин одуула?аллар. Соторутаа?ыта а?ай силигилээн ситэн, к???р?н, чэлгийэн турбут, оттон билигин хагдарыйан тохтор сэбирдэхтэр ордук курус санаалары са?ар курдуктар. Олох барахсан ??рдэрэ-к?т?тэрэ, эрэйдээн-му?наан да?аны эрийэрэ-мускуйара элбэх буолла?а. Олох муудара?а ??рэтэрин курдук, сарсын эмиэ к?н ??н??, б?г???? хомолто хайаан да ??р??нэн солбуллуо диэн эрэнэр эрэ наада.
Инналаах Ася, уруккуларын, эдэр эрдэ?инээ?илэрин, курдук, ыллаан да ылаллар, ыта?а да сы?аллар. Биллэн турар, ытаа?ын-со?оо?ун Иннаттан тахсар. Ася ис санаатын мээнэ ы?а-то?о сылдьыбат, барытын бэйэтигэр тута сылдьар майгылаах. Ол эрээри а?ыныгас с?рэхтээх, ?р?? к?м?л???, ?йд?? сатыыр исти?, эрэллээх до?ор. Дь??гэлэрэ онон ту?анан бары кы?ал?аларын илдьэ киниэхэ кэлбиттэрин билбэккэ да хаалаллар. Ася, хас биирдиилэрин бол?ойон истэн, уоскутааччы, у?ун киэ? санааны угааччы буолан и?эр. Арыт: «Санаа?ытын кыраттан т??эрэ?ит, олохтон табыллыыны эрэ к??тэ?ит, атаахтыыгыт», – диэн м???тэлээн да биэриэн с?п. Кини да?аны санаата-оноото оонньуура, араас кы?ал?аланан ылара ханна барыай. Халы? аймах, бииргэ т?р??б?ттэрин о?олорун ту?угар кылаабынай кы?аллааччы эмиэ кини. Бэйэтэ о?ото да суо?ун и?ин, уонча о?олоох ийэ курдук т?б?г?рэр. Бу к?ннэргэ киэ?э хойукка диэри олорон наскы, ?т?л?к баайталыыр. Кы?ын устудьуон балтыларыгар, бырааттарыгар т??этээри. Эдьиийдэрин и?ирэх сы?ыанын биир эмит о?о ?йд??н, кырдьар, кыаммат саа?ыгар сылаастык сы?ыанна?ан, ??ттээх итии чэй кутан биэрэрэ дуу, суо?а дуу.
Инна эмиэ туох баар оло?ун ??р??т?н, хомолтотун, ?р??, хара к?ннэрин дь??гэтин кытта ?ллэстэн кэллэ. Бастакы кэргэнин, Ганятын, кытта олорон, арыгылыыра бэрдиттэн сотору-сотору арахсаары сананан Ася?а с??рэн кэлэр буолара. Ася барахсан нэдиэлэни нэдиэлэнэн ханна барбыта биллибэккэ с?тэн хаалар ?гэстээх Ганяны салгыбакка, сылайбакка к?рд???р?, булан ыллахтарына эмиэ тэбис-тэ??э тыл-?с, с?бэ-ама буолан салгыы ыал буолалларыгар к?м?л???р?. «О?олоргун тыыннаах тулаайах о?ортоору гына?ын дуо? Эйиэнэ ?сс? и?эр эрэ, дьиэтигэр-уотугар айдаана суох, ата?астаабат, олоро сатаа. Мин к?рд?хп?нэ, дьахталлар ?г?стэрэ эн курдук олороллор. Кини да саа?ырда, нуорматын и?ээхтээтэ, сотору т?спэтийиэ?э. Кырдьар сааскар чэй иси?эр ки?итэ суох со?отох хаалаары гына?ын дуо? Уолу? кэргэннэнэн баран хаалыа, кыргыттары? Вералаах Надя? да эйигин манаан олоруохтара суо?а. Бэйэлэрин олохторун о?остунуохтарын наада буолуо. Оччолоо?у аасты?, тулуй», – диэн инникигэ эрэл санааларынан кынаттаан и?эрэ. Ону баара Ганя эрэйдээх т?спэтийэригэр тиийбэтэ?э, эмискэ быара аккаастаан к?н сириттэн к?рэммитэ. О?олоро оруобуна оскуоланы б?тэрэн, салгыы ??рэххэ барар-кэлэр эппиэттээх кэмнэригэр со?отох хаалбытыттан Инна бастаан олус ыксаабыта. Ол эрээри кини, оччоттон баччаа??а диэри ыал тутаах ки?итэ, хайдах да т??р?нэн олорунан кэби?эр кыа?а суо?а. Аны са?а дьиэ туттан испиттэрэ ситэ б?ппэккэ хаалбыта. Бэйэтин, Ганя да аймахтара «дьиэ?ин б?тэртэр» диэн ?г??р? со?ус ?п хомуйан биэрэн абыраабыттара.
Инна куоракка чэпчэки сыаналаах тутуу матырыйаалын, т?нн?к холуодатын, ааннары атыылыыр ма?а?ыын баарын истибитэ. «Ма?а?ыын дириэктэрэ Дмитрий Николаевич – би?иги улууспут уола, биир дойдулаахтарыгар ураты бол?омтолоохтук сы?ыанна?ар», – диэн буолбута. Биир ?т?? к?н Инна ол ма?а?ыыны к?р??р? анаан-минээн куоракка киирбитэ. Атыы?ыт уолаттартан ассортименнарын билсэ, сыаналарын ыйытала?а турда?ына, Дмитрий Николаевичтара тахсан кэлбитэ. ?рд?к у?уохтаах, толору, киппэ эттээх-сииннээх, харахха быра?ыллар эр ки?и этэ. Кини Иннаны кытта «кэ?ис» гынан дорооболоспута. Инна хара бастаа??ыттан дьон тугу этэллэрин чуолкайдыырга бы?аарынан, биир дойдулаахтар буолалларын то?о?олоон эппитэ.
– Биир дойдулаахтарым барахсаттар, таах да на?аалаан эрэ?ит ээ. Дьэ, тугу ыйыта?ын? Эйиэхэ кэлэн аккаастыам дуо, букатын билиэн баран турабын. Кэргэни? бэйэтэ к?р????н, маннык нарын-намчы ки?и, атыыластаххына, с?гэн бара?ын дуо? – дии-дии, к?лб?тэ-??рб?тэ.
– Кэргэним суох, ?лб?тэ сылтан орто. Ол и?ин бэйэм сырытта?ым, – Инна б?т? сы?а-сы?а са?арбытыгар Дмитрий Николаевич ыксаабыта. «Бырастыы гын», – диэмэхтээбитэ, к??стээх, сып-сылаас ыты?ынан Инна саннын аргыый имэрийэн ылбыта.
Бу кэнниттэн ма?а?ыы??а соро?ор бэйэтэ, ардыгар уолунуун Мишалыын элбэхтик тиэстибиттэрэ. Аны дьиктитэ диэн, Инна киирэн кэллэ да, Дмитрий Николаевич хонтуора хо?уттан бэйэтэ тахсан кэлэрэ. Атыылыыр уолаттара, киксибит курдук, ханна эрэ симэлийэн хаалаллара. Кырдьык, сыанатын элбэхтик т??эрэн атыылаан абыраабыта. Улам билсэн, Иннаны кытта хайдах эрэ ураты исти?ник, сылаастык кэпсэтэр, ки?и санаатын к?т???рд??, дьээбэлэ?эр, хаадьыла?ар этэ. «Со?отох дьахтар диэн бириэмэ атаараары оонньо?он эрэр дуу?» – диэн Инна арыт кы?ыйа-абара санаан кэлэрэ. Ол эрээри, бэйэтэ да ?йд??б?т?нэн, Дмитрий Николаевич исти? бэйэлээхтик харахтыын мичээрдээбитинэн тахсан кэллэ?инэ, куола?ын и?иттэ?инэ, долгуйан хаалар буолбута. «Хайа эрэ дьоллоох анала буолла?! Арыгыга ылларбатах, ч?л ?йд??х-санаалаах, биир бигэ тыллаах эр дьон ончу атыннар ээ», – дии саныыра Инна. Атыыла?алларын барытын кыра-кыра ылан б?тэрэн, Инна ма?а?ыы??а киирбэт буолбута. Ол эрээри онтуттан то?о эрэ санаата т?сп?т?н, туга эрэ тиийбэт курдугун ?йд??н сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымна?ас к?р??т?н, эйэ?эс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.
Биир к?н дьиэтигэр ?лэлии сылдьар дьон Иннаны эмиэ куоракка «командировкалаабыттара». Итэ?эс-бы?а?ас син к?ст?б?тэ. Инна куораттыан иннинээ?и киэ?эттэн ис-и?иттэн с?ргэтэ к?т???ллэн, ки?инэйэн ыллыы сылдьар буолбутуттан бэйэтин м???ттэ санаабыта. Сарсыныгар ?т?р?нэн киэргэммэтэ?ин киэргэнэн, о?остон-туттан куоракка киирбитэ. Ма?а?ыы??а киирэригэр атыы?ыт уолаттар бааллара. Инна, наадалаах табаарын ыйыта-ыйыта, хара?а хонтуора хос диэки этэ, с?рэ?э битиргэччи тэбиэлээн олороро. Сотору биир атыы?ыт уол хонтуора диэки элэс гыммыта уонна тута т?тт?р? тахсан с?р ыксаабыт куола?ынан:
– Инна Тимофеевна, Дмитрий Николаеви?ы хайаан да к??тэр ???г?н. Базаттан айаннаан кэлэн и?эр. Эйиэхэ олус наадыйар ???, – диэбитэ.
Инна со?уйан, ??рэн да хаалбыта. Сотору Дмитрий Николаевич ыксаан ахан киирэн кэлбитэ.
– Оо, маладьыас, к??пп?кк?н дии. Кэл эрэ, кабинеппын к?рд?р??м, – диэн хо?угар баты?ыннарбыта.
Бу к?н? Инналаах Дмитрий куоракка бииргэ атаарбыттара. Куорат биир ч?к? ресторанын булан бэйэ-бэйэлэрин олохторун б??с-б?т?нн?? то?о тэбээн кэпсэппиттэрэ.
– Инна, миигин кыратык чэпчээн, холуочуйан этэр диэмэ. Эйигин к?рс??хп?ттэн туох эрэ буоллум. Эр ки?и элээмэтэ бэйэм туох эрэ дьа?алы ыллахпына сатанар дии сырыттахпына, ити уолаттар сотовайбар эн кэлбити? ту?унан биллэрдилэр. Уол о?о курдук долгуйан, онноо?ор улахан суолталаах дьыалабыай кэпсэтиини быра?ан с??р??нэн кэллим. Кэргэммин кытта сы?ыаммыт тымныйбыта ыраатта эрээри, туора хаамар ту?унан толкуй суо?а, – дии-дии, Дмитрий элбэ?и этиммитэ.
Инна, б??с-б?т?нн?? ыга куустарбыт дьикти иэйиититтэн иэдэйэн да олордор, кытаанахтык, кы?аллыбатах курдук тутта сатаабыта. Дьиэтигэр т?нн?н баран эрэй б???т?н к?рб?тэ. Дмитрий киниэхэ нэдиэлэни бы?а т?л?пп??ннээбитэ. Инна кистээн ытыы-ытыы, о?олорунан «Инна Тимофеевна тыа?а барбыта, хас да хонон баран кэлэр» дэттэрэ-дэттэрэ, сыппыта. Нэдиэлэ б?т??тэ Дмитрий Николаевич бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Бу кэнниттэн кинилэр арахсыбатахтара, ??скээн хаалбыт к??стээх иэйиини саба баттыыр к???? хайалара да кыайан булбата?а.
Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллаа?ыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал оло?ун алдьатаары тии?эр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал а?атын, ки?и кэргэнин «уоран», кистэлэ? тапталтан дьоллоно сырытта?а. Оскуола?а учууталлыыра, сиэри-майгыны туту?уннарар аналлаах идэлээ?э суобас суутун ?сс? сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэ?э к?ст?р, ырыа?а-тойукка холбонор, кинигэ?э кэпсэнэр дьи?нээх тапталга, араа?а, дьэ кырдьык та?ара бэлэ?эр тиксэн баран онтон аккаастанар кыа?а суо?а. Дмитрий эмиэ бачча саа?ыгар диэри кэргэнин та?нарбатах, улаатан эрэр уолун сэмэтиттэн дьулайар буолан элбэхтик эрэйдэммитэ. Кини да бэйэтин буойа, тохтото сатаабыт т?гэннэрдээх этэ.
???с сылларыгар Инналаах Дмитрий, этэргэ дылы, харахтарын симэн, кулгаахтарын б??лэнэн бииргэ буолбуттара. Кинилэри тула элбэх тыл-?с, сэмэ-су?ха тар?аммытын с?рэхтэринэн да сэрэйдэллэр, биир бигэ бы?аарыныыга кэлэн хаалбыттара. Уонна бу сиргэ т?р??н тапталы билбит, тапталга тиксибит дьахтардаах эр ки?и «т??рт дьоллоох сылы т??рт хонук кэлэн аа?арын курдук ча?ылхайдык олорбуттара эбитэ ???» диэбит курдук дьыл?аламмыттара. Дмитрий, бэйэтэ ааттыырынан, бу к?н сиригэр к?рс?б?т баарын-суо?ун, баайын-дуолун, тапталлаах Иннатын—»Тапталинатын» со?отох хаалларан эмискэ с?рэ?инэн охтон олохтон барбыта, ха?ан да б?т?? суох харах уутунан сууннарбыта… К??т?лл?бэтэх ?тт?ттэн аа?наан кэлбит а?ыыттан ха?а эрэ хаалбыт Иннаны о?олоро эрэ олох диэки тарды?ыннарбыттара.
Инна?а сир ?рд?гэр тапталы билбит дьолун туо?улара – Дмитрий элбэх суруктара уонна иккиэн т?сп?т хаартыскалара хаалбыттара. Дьикти ээ, кылгас дьол т?гэннэрин эрэ бэлэхтиирин билбит, сэрэйбит курдук, ураты уйаннык, сылаастык да сы?ыаннаспыта. Дмитрийдиин ыал буолан куоракка к???н киирэн баран Инна, оскуола?а буолбакка, элбэх командировкалаах, учууталлары кытта методика ?тт?нэн ?лэлиир аналлаах тэрилтэ?э ?лэлээбитэ. Онон сотору-сотору командировка?а баран хаалара. Дмитрий Инната хайа к?н тахсан барыа?ыттан сурук суруйа-суруйа сыттык анныгар мунньан барара. Кинитэ суох о?олору кытта хайдах олорбуттарын, тугу гыммыттарын, ахтыл?антан, к??т??ттэн олус эрэйдэнэрин сурукка тиспит буолара. Аны хо?оонноругар ис с?рэ?иттэн тахсар исти? иэйиилэрин суруйан хаалларбыта…
Инна сыттыгын анныттан суруктарын* мунньа сылдьар альбомун та?ааран арыйталаан барда.
Тапталлаах до?орбор, Инна Тимофеевна?а, аныыбын.
Тапталинам
Таптааммын ааттыыбын, до?оруом,
Таптыыр до?орбун – Тапталинабын,
Эн эрэ баар буола??ын,
К?нд? таптыыр ки?им,
Сахабыт сирин халлаана
Харахпар к???р?н к?ст??хт??р.
Таптыыр ки?илээх буоламмын,
Оло?ум сырдыкка тарды?ар,
Эйигин с?б?л?? к?р?мм?н,
Сыыспатах эбиппин, до?оруом.
Эйигин ?р?? таптыыр Дмитрийи?.
Ахсынньы 14 к?нэ.
Тапталинабар
Арылхай эйэ?эс хараххын
Ахтабын, до?оруом, куруутун.
Эйигин к?рд?рб?н, до?оруом,
Умнабын барытын сир ?рд?гэр.
Кэрэчээн куоласкын истээри,
Кыракый о?олуу ??рэбин,
Эйигин к?рс?мм?н, до?оруом,
Дьоллоохпун дэнэбин ?р??т?н.
Дмитрий.
Тохсунньу 1 к?нэ.
* * *
До?орум, дорообо!
Сэгэриэм, барытын олус ?ч?гэйдик ?йд??б?н. Эйиэхэ олус махтанабын. Эн баар буола??ын, эйигин к?рс?мм?н, олус дьоллоохпун дэнэбин. Сэгэр, эн би?икки, били этэргэ дылы, та?ара анабылынан к?рс?б?т дьоммут, онон дьыл?а хаан анала хайда?ын бэйэтэ бы?аарыа.
Дмитрийи?. 16.03.
* * *
Ахтар, саныыр до?орбор, Иннабар, аныыбын.
До?орбор
До?орбор, эйиэхэ, анааммын,
Дор?оонноох тыллары этэбин.
Эн кэрэ м?сс?????н хо?уйан,
Эйиэхэ тапталы билинэбин.
С?рэхтэн бу тыллар тахсаллар
Долгуйар Дьокуускай куоракка,
Эйигин санааммын, до?оруом,
Олус диэн долгуйдум мин б?г?н.
Бааргар эйигин аахайбат курдукпун,
Барбыты? кэнниттэн ахтабын эйигин.
Эйигин аймыахпын ба?арбат эрээри,
Дуу?алыын, с?рэхтиин эйиэхэ эбиппин.
Ба?ардар, эйигин умнуом дуу дэнэбин,
Онтукам букатын табыллыа суох курдук,
Тапталы билбэтэх эрдэ?ин буоламмын,
Эйиэхэ таптатан олус диэн долгуйдум.
До?оруом, эйиэхэ с?рэхпин, дуу?абын аныыбын,
Эн би?и хайаан да бииргэ буолуохпут.
Дьоллоох оло?у олоруохпут
?йэлэр тухары, тапталыам.
Муус устар 16 к?нэ. Дмитрийи?.
* * *
Тапталинабар аныыбын.
Таптал
Таптал – бу саамай кэрэ иэйии,
Тапталынан ким да оонньуо суохтаах,
Таптал баар бу сир ?рд?гэр
Икки ата?ы ки?и гыммыт.
Таптал ту?угар тахсаллар ырыалар, хо?ооннор,
Таптал ту?угар ки?и аймах айманар,
Таптал, эн олус да к??стээххин,
Таптал, эн олус да нары??ын.
Тапталы ки?и кыайан кэпсээбэт,
Тапта?ар дьон иккиэн эрэ билэр сы?ыаннара,
Оо, таптал, эн олус да суоскун,
Оо, таптал, эн олус да уйа??ын…
* * *
Инночкам, привет!
Улахан тапталга ылларбыппынан э?эрдэлиэххин с?п. Олох иэдэйэн эрэбин. Эйигин эрэ саныыр буоллум. То?о эрэ эн эппити? барыта туолан и?эр, дьэ дьикти. Дьиэбэр звоннаабата?ым ыраатта, куттал да улахан, кутуйах иинин кэ?этии б???. Онноо?ор т??н т??ээн к?р?б?н, чэ ол ахтарым бэрт буолан буолуо или эн саныыгын бы?ыылаах. Дальше эйигинэ суох хайдах сылдьарбын ?й?м хоппот. Мин эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэппин. Эн дьоллоох хараххын к?р?р са?а ?ч?гэй миэхэ суох… Мин санаам модун. Бар?а махтал эйиэхэ, к???э к?ст?б?т к?нд? до?орбор. Эн баар буола??ын, мин олоххо к??скэ тарды?абын. Эйиэхэ, к?нд?ттэн к?нд? ки?ибэр, туох баар ?ч?гэйи, кэрэни, доруобуйаны, дьолу-соргуну ба?арабын.
Алгыс
Ахтабын эйигин, до?оруом,
Ханна да, ха?ан да буолларбын.
Эрэллээх до?орбор, эйиэхэ,
Истиэнэ кэриэтэ эрэниэм.
Орто дойдубут оло?ор
Олоруох би?иги дьоллоохтук.
Ыта?ан-со?о?он б?т??хп?т,
Ырыалаах-тойуктаах сылдьыахпыт.
До?орбор, эйиэхэ, аныыбын
Алгы?ым ананар тылларын,
Кымыстаах чороону к?т????м
Кыынньаахтыыр дьолбут ту?угар.
Бар?а махтал буолуохтун
Эйиэхэ?э, до?орбор, эрэллээх ки?ибэр,
Элбэх махтал тылларын
Этиэм эйиэхэ, до?орбор.
Ыам ыйын 5 к?нэ. Дьокуускай к.
Дмитрийи?.
* * *
К?нд?, таптыыр кэргэним Инна, привет!
Олох суохтаан иэдэйдибит, ордук кыргыттар уонна мин. Уол соччо кы?аммат. Аны ха?ан да ыраах ыытыа суохпут, ахтарбыт бэрт, куруук саныы сылдьабын: ии, о?ом барахсан хайдах айаннаан и?эрэ буолла диэн. Ама тиийэ илик буолуо? дуо? 2 суукка 3 чаас ааста барбыты?, олох быданнаабыт курдук. Би?игини ахтары? дуу, суо?а дуу? Ээр-сэмээр телефон кэтэ?эбит, мэлигир.
Б?г?н олунньу 7 к?нэ. 23 ч. 20 м?н??тэ. Ууруубун… Дима?. На?аа к??скэ таптыыбын.
* * *
К?нд? кэргэним, Иннам, привет!
Сурук суруйдахпына, хайдах эрэ эйигин кытта кэпсэппит курдук буолабын, олус чэпчиибин. О?ом сыы?а, на?аа да ахтабын, кэлэр к????н эрэ кэтэ?эбин. Чэ, бары ?ч?гэйи кытта Дима?.
Олунньу 10 к?нэ. 18 ч. 50 м?н.
Улахан тапталы умнумуох
Атын дьо??о аралдьыйан
Улахан тапталы умнума, до?оччуок.
Мин курдук таптыыр ки?ини
Бу сиргэ булары? саарбах.
Быстах санаа ухханыгар
Былдьатыма тапталбытын,
Араас эр бэртэрэ
К?рс??хтэрэ ?р??т?н.
Улахан тапталы умнумуох,
Умайар сулу?у? мин буолуом,
Таптыыбын эйигин, сэгэриэм,
?йэлэр тухары таптыа?ым.
Дмитрийи?.
* * *
Тапталинам, привет!
Дуу?ам олох уоскуйбат, санаам барыта эйиэхэ. О?ом сыы?а, т??? эрэ ахта сылдьа?ын. Олох умнан кэбисти? дуу? Хайдах эрэ к?н??л??х санаам кэлэр, автобуска таах сибиэ бэйэм атаарбаккабын диэн кэмсинэбин.
До?орбор
До?орбор эйиэхэ анааммын
Ыллыахпын-туойуохпун ба?ардым.
Олус диэн ахтыбыт омуммар
Айманар с?рэ?им дьиктитик.
Тапталга бигэнэн мин эмиэ
У?уннук, дьоллоохтук олоруом.
Эйиэхэ анаабыт с?рэхпин
Чиэстээхтик, ыраастык толоруом.
Ахтар му?ун билэммин
Айманабын, до?оччугуом.
Кэлиий миэхэ т?ргэнник,
Куу?уом, сыллыам барахсаммын.
Олунньу 10 к?нэ. Киэ?э 22 ч. 06 м?н.
Дима?.
* * *
Инночкам, дорообо!
Киэ?э 10 ч. 55 м?н. Б?г?н ?лэбиттэн кэлбитим, Вера «маама звони гынна» диэн ??ртэ. На?аа ??рд?б?т. Жаркой бу?ардым. Онтон бэйэ? звоннаабыккар куоласкын истэн, бирээмэ к?т??хп?н кынатым эрэ суох. Мин кэргэним т??н кэлэр диэн ?лэбэр к?н а?аара барбатым. Б?г?н бары да настырыанньа б???б?т. Чэ к??тэн-к??тэн, ахтан-ахтан к?рс??эрбит а?ыйах чаас хаалла.
К??скэ да к??скэ ууруубун-сыллыыбын.
Дима?. Олунньу 11 к?нэ. 11 чаас 06 м?н.
* * *
Дорообо, к?нд?ттэн к?нд?б?т, маамабыт Инна!
Сурук суруйан ахтыл?аммын та?аарабын, хайдах эрэ кэпсэтэ олорор курдукпун. Киэ?э аайы ночной ырбаахыгын сыллаан баран утуйабын, сыты? хаалан хаалбыт.
Чэ, бары ?ч?гэйи, дьолу-соргуну кытта Дима?.
Ууруубун-сыллыыбын, на?аа к??скэ таптыыбын. Олунньу 27 к?нэ. Киэ?э 6 ч. 45 м?н.
* * *
Инночкам, привет!
?т?? к?н ??мм?т?нэн, олунньу ый б?тэ?ик к?н?нэн уруйдуубун-айхаллыыбын. Сааскы ылаа?ы к?ннэр са?аланаллара бу кэллэ, арай мин о?ом кэлиэн ба?арбат. Хаайтаран сытар сураххытын телефонунан истэбин. На?аа да а?ынным, до?оччуок, санаам барыта эйиэхэ. Олус да долгуйан барыах курдукпун. Эмискэ ба?айы хараастан ылабын, халлааным хара?арар. О?олорум ??рэнэ бардылар, сарсыарда туран глазунья бу?аран биэрдим.
Со?отох хаалар на?аа ку?а?ан эбит. Билиэппит умайарыгар тиийдэ, эн суоххун. Эйигинэ суох концерт соччото суох буолуо дии.
Чэ, к?рс??ххэ диэри, ахтабын, таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
Дима?. Олунньу 28 к?нэ. Сарсыарда 8 ч. 25 м?н.
* * *
К?нд? ки?им, Инночкам, привет!
Бу к?рс?рб?т а?ыйах чаас хаалла, ол эрэн сурукпун син биир суруйан хаалабын. Ма?а?ыы??а тахса сырыттым, ону-маны ыла. Зина: «Туох алдьархайын ??рд???» – диир. «Тыый, Иннам кэлэн и?эр», – диэтим. «Ол да и?ин», – диэхтиир. Кэлэргэр миин ?р? сылдьабын, киэ?э собо сиэхпит.
??р??
Б?г?н ??р??, б?г?н дьол —
Маамабыт барахсан и?эр!
Оо, т??? эрэ ?ч?гэй буолар
??рэн-к?т?н киирэри?,
Ахтан иэдэйбит дьону
Ууруу-сыллыы сылдьары?,
Бу харахпар к?ст?н кэлэр
К?л?м?рдэс мичээри?.
Ол эрээри эмиэ толлобут
Маамабыт са?атыттан,
Кини к??ст?? оргуйан
М???н-этэн барарыттан.
Чэ, к?рс?рб?т 1—2 чаас хаалла буолуо, этэ??э айаннаа.
?р?? бииргэ тапталы? Дима?.
Кулун тутар 4 к?нэ. Понедельник. 9 к?н буоллу?. Сарсыарда 8 ч. 45 м?н.
К?н аайы 2-лии суругу суруйдум.
* * *
Тапталлаах до?орум Инна, привет!
Б?г?н сарсыарда 5 ч. Итииргээн у?угуннум, онтон ха?ыат аа?а сыттым уонна бу о?обор сурук суруйан эрэбин. Т??? да ыраах сырыттаргын, санаабар субу баар курдуккун, ахтарым-саныырым к???э бэрт буолан, олох куу?а сытар курдукпун. Эйигин ахтарым бэрт буолан, уум олох к?т?н хаалла. До?оччугуом, ха?ан кэлэ охсон уоскута?ын? Бэ?э?ээ киэ?э телефонунан ахтыбытым аа?ыар диэри кэпсэтэн на?аа дуо?уйбутум, олох субу баар курдуккун.
Чэ, бары ?ч?гэйи кытта о?онньору? Дмитрий.
Ахта-саныы, ?йд??-таптыы хаалабын. Ууруубун-сыллыыбын.
Муус устар 18 к?нэ. Сарсыарда 6 ч. 47 м?н.
* * *
Ахтар-саныыр, ?йд??р, таптыыр, долгуйа к??тэр кэргэним Инна, дорообо!
Бу олус к??скэ ахтан, кэлэргэр тиийбэккэ сурук суруйан эрэбин. Ха?ан да кыы?ырсар буолумуох, туохпутун былдьа?ыахпытый. Мин эйигин на?аа к??скэ, ис с?рэхпиттэн таптыыбын, ону бэйэ? да сэрэйэр буолуохтааххын. О?ом сыы?а, олох кыайан тэйсиэ суохпут, биир-икки к???э ара?ыстыбыт да, ахты?ан барабыт. Оо, таптал, олус да к??стээх эбиккин, урут маннык олох буолбат этэ. Телефонунан куруук саана?ын, «тиийдэхпинэ аахсыахпыт» диэн. Туох буруйбар? Олох ?йд??б?пп?н, оонньуур бы?ыылаах дии саныыбын. Бэ?э?ээ «Семейные узы» к?р?-к?р?: «Оо, дьахталлар ??ннэр эбит», – дии саныыбын, ол мин о?обор, конечно, сы?ыана суох диэн эрэнэбин. Ол и?ин олус к??скэ таптаан эрдэ?им буолла. Тапталбытын харыстыах, дьон ону-маны ?л?ннэрэн кэпсиирин итэ?эйимиэх, бэйэбит эрэ албынна?ымыах.
Тапталга буруй суох
Таптыырга буруй суох, до?оруом,
Олу?ун к??скэ да таптыыбын,
Кэрэчээн уостаргын уураары,
К?н аайы кэтэ?эн эрдэ?им.
А?ыйах хонукка арахсан,
Ахтыста с?рэхпит олу?ун.
Омуннаах тапталга ылларан,
Олохпут у?уо?а би?иэнэ.
До?оруом, эн бааргын мин с?рэхпэр,
Атыны букатын билбэппин,
Эрэнсиэх бэйэбит иннигэр,
Ха?ан да с?тэрсибэт ту?угар.
Сэтинньи 22 к?нэ,
Дима?.
* * *
Сэгэрим, Иннам, привет!
Бу олох эрдэ у?уктан баран турдум. 5 ч. 40 м?н. у?уктубутум. Олох иэдэйии?икпин бы?ыылаах. Биир к?н? нэ?иилэ а?ардым. Ахтарым бэрт, бу сир ?рд?гэр таптыыр ки?игинээн куусту?ан сытар са?а ?ч?гэй суох эбит. Чэ, хайдах эмэ тулуйар инибин. Кытаат, доруобай эрэ буол. Бары ?ч?гэйи кытта Дима?.
К??скэ да к??скэ ууруубун. Арба, сыттыккар сыты? хаалбыт, ону сыллыы хоннум.
29/XI. 6 ч. 44 м?н.
* * *
К?нд?ттэн к?нд? ки?им, Иннам, привет!
Эйигин санаан уум олох к?т?н хаалла. Мантан т??н ха?ыат аа?ар буоллум. Уопсайынан суох бириэмэ?эр кыайан утуйбакка сору к?рд?м. Баар эрэ буоллаххына, утуйар эбиппин. То?отун олох билбэппин. О?ом сыы?а, суо?у? на?аа ку?а?ан, олох ылларан кэбиспиппин, к?н? бы?а эйигин санаан тахсабын, барахсаным тугу гына сылдьара буолла диэн. Халааты? абырыыр, кэлэ-бара сыллыы сылдьабын. Ии, о?ом барахсан, т??? да м?хт?рг?н олус к??скэ таптыыбын. Чэ, к?рс?рб?т олох а?ыйах чаас хаалла, утуйа охсубут ки?и.
На?аа к??скэ таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
14/IV. Т??н 1 ч. 40 м?н.

Дорообо, таптыыр кэргэним Инна!
Сэгэрим, олох ахтан иэдэйдим, а?аарым эрэ хаалла бы?ыылаах.
К?рс????
К??тэбин, до?оруом, олу?ун
Ол кэми, к?рс????н?,
А?ынным да?аны эйигин,
К?нд? к?м?с биэбэйим.
??р??нэн толорор дьиэ и?ин
Эн к?рд??х к?л??? ?р??т?н,
Чу?куйда дьиэбит эн суоххар,
Айманна дуу?абыт барыбыт.
Кэлиий дуу, до?оруом, т?ргэнник,
Уоскутууй с?рэхпит т?л?н?н.
Долгуйар Дьокуускай сиригэр
Кэтэ?э хааллыбыт би?иги.
Муус устар 24 к?нэ.
Дима?. 18.00 ч.

Инна билигин бу суруктарынан к?ннээ?и оло?ун сырдатынан, ааспат-арахпат ахтыл?ан буолбут тапталыттан сылаанньыйан, эрэллээх, бигэ тирэхтээх курдук сананан иннин диэки дьулуруйар. Суруктардаах альбомун к???э хаста да хабан ылан бу курдук аа?а олорор буолар. Инна кэргэнин к?м?н баран с?рэ?ин ха?ыытын, дуу?атын кыланыытын суруйбут бэйэтин суругуттан эмиэ айманан, ытамньыйан ылла.
«Дима, Дмитрийим барахсан…
Эйигинэ суох сылдьыам, ??р??м-к?т??м, бэйэбин толору дьоллоох ки?инэн аа?ыныам диэхпин санаам буолбат. Бу сиргэ к?нд?ттэн к?нд?б?н, нэ?иилэ к?ст?б?т та?арам бэлэ?ин, эйигин, куоттардым, былдьаттым, м?лч? туттум.
Би?иги буруйбут буолуо дуо, хойутаан к?рс?б?пп?т?! Оо, олорбут сылларбытын т?тт?р? эргиппит ки?и баар ини! Бачча булсан баран саатар 10-ча сыл бииргэ олорор дьолбут суох буолла?а. Суох буолаахтаата?а, барбыт эргийбэт, ?лб?т тиллибэт…
До?орум о?ото, итэ?эй дуу… Эн буола?ын мин с?рэхпин с??йб?т, дуу?абын долгуппут, тапталбын, иэйиибин иккистээн тыыннаабыт, ха?ан да ааспат-арахпат, с?ппэт-симэлийбэт мин улахан тапталым.
Мин эйигин, к?нд? ки?ибин, ха?ан да умнуом суо?а. Тыыннаа?ым тухары т??лбэр к?рс??м, санаабар кэпсэтиэм. Ааспыт оло?ум оспот баа?а, сэниэбин э?эн, санаабын самнаран, хара?ым уутунан сууннаран барбыты? на?аа да абалаах, кы?ыылаах. Олус ыарахан. Быра?аай.
?н?р биир киэ?э бу суруктары Ася?а к?рд?р? олорон эмиэ ытаан-со?оон барбыта.
– Ася, олох то?о олус уустугуй? То?о сатамматый би?иги, хойутаан к?рс?б?т дьон, арыый да у?уннук олоро т??эрбит?! То?о дьыл?а хаан т??рт эрэ сыллаах дьолу быктаран баран былдьаан ыларый?
– Инна, олох о?о?уута, ыйааххыт буолла?а. Хайда?ын да и?ин эн дьи?нээх тапталы, улахан тапталы биллэ?и?. Мин урут да эппитим дии, онноо?ор би?иги, чугас дь??гэлэри?, эйиэхэ кэлэн ааспыт дьолунан дьоллонон олоробут. Бу орто дойдуга таптал баар эбит ээ дэ?эбит. Дьи?нээхтик таптаабыт эр ки?ини илэ биллэхпит, ол тапталтан эн хайдахтаах курдук кыыс о?олуу иккистээн тыллыбыккын, тупсуоххунан тупсубуккун к?рд?хп?т. Билигин би?иги эмиэ эрэллээхтик, улаханнык таптал баар дэ?эбит, – диэбитэ Ася.
Инна, дири?ник ???э тыынан кэби?э-кэби?э, альбомун т????гэр хам куу?ан оттуллубут о?ох иннигэр олорунан кэбистэ. Та?ырдьа эмиэ к?????? ардах т??эн сабыгыратан барда…

Кыыс кырдалыгар
Оо, дойдум барахсан, к?нд?г?н да?аны! Салгынныын, сыттыын-сымардыын с?рэ?и-быары ортотунан киирэн то?о ба?ас ?ч?гэйэй! Уулусса то?ойун аайы тохтоон кэпсэтэр биир дойдулаахтарым, били оруобуна Исай Брызгалов ырыатыгар ылланарыныы, ийэ, а?а курдук чугаскыт. Сыл-хонук баттаан э?иги кырдьыбыккытынан к?рд?хх?, к?н-дьыл да барбыт, ол аата саас да ырааппыт буолла?а».
Светлана Николаевна ?р?с кытылын устун аргыый хааман и?эн ыскамыайка?а кэлэн олордо. Ыскамыайка эрэйдээх эмиэ кырдьаахтаабыт. Эмиэ бэйэтэ туспа олох кэрэ?итэ турда?а эбээт. Т???л??х эдэр паараны олордон, к?рс???ннэрэн, арааран ааспыта буолуой? Светлана Николаевна ыскамыайка?а олорон эбэтин са?а к?р?р ки?илии одуулаата. Кырдьык, уруккута буолбатах, хайдах эрэ б??с-б?т?нн?? ?лб??д?йб?т, со?уорбут к?р??нэммит. Урут… оо, кэрэ да к?ст??лээх этэ… Светлана Николаевна хара?ын симэн ылла. Эбэ уута ып-ыраас, дьэп-дьэ?кир буолара, мэктиэтигэр уу т?гэ?эр уста сылдьар балыктар курдаттыы к?ст?лл?р?. Биэрэгэр чыычаах араа?а мустан ыллыыра, ?п-?р?? хоптолор уу кырсын ?рд?нэн талбаара к?т?лл?р?. Оттон киэ?э чуумпуга налыйан-наскыйан, аргыый м?лб?й? устан эмиэ ки?и тылынан сатаан эппэт кэрэ к?ст??лэнэрэ. Светлана о?о сылдьан уу ба?а киирэн баран к??ххэ сууламмыт ?р?с у?уоргу ?тт?н, ыраах к?ст?р хайалары одуулаан кытылга ??р-?р таалан олороро. Ол кэм?э ??р??-к?т??, сырдык санаа эрэ аргыстаах, оло?у билэ илик ту?уй кыыс о?о этэ буолла?а. Оттон билигин эбэтэ барахсан элбэ?и да эргитэ санатар…
Светлана Николаевна хоту диэкиттэн с?р??н тыал ?рб?т?гэр хайдах эрэ дьагдьайа бы?ыытыйан эмискэ ойон турда: «Бэйи, дьиэ?э барыахха. Эдьиийим аах с?тэриэхтэрэ». Уонна бу киэ?э хайаан да Лариса?а т?л?пп??нн??хтээх, дь??гэтэ улуус кииниттэн б?г?н кэлиэхтээх. Дьэ долгутуулаах к?рс???? к??тэр!
Эдьиийин аахха кэлбитэ – бары утуйаары оннуларын булан эрэллэр. К?н? бы?а окко, о?уруокка, ?лэ?э эриллибит дьон эрдэ сыталлар, сарсыарда эрдэ туран тар?а?ыахтара турда?а. Светлана утуйа иликтэринэ дь??гэтигэр т?л?пп??нн?? охсорго бы?аарынна.
– Алло, дорооболору?. Сергеевтэр дуо? О?олор, маама?ыт кэллэ дуо? – Светлана Николаевна дь??гэтин куола?ын истэриттэн долгуйан барда.
– Кэлбитэ. Эн тетя Света?ын дуо? – кыра уол куола?а ча?аарар.
– Даа-даа, т?ргэнник ы?ыр, то?ойум.
– Хотуой, Сибиэтэ, бирибиэт! Куоласкын истэр к?ннээх эбиппин ээ.
– Привет, дь??гэ-э! Эн ха?ан и?итти? кэлбиппин?
– Хас да хонуктаа?ыта эйигин ма?а?ыы??а к?рб?т дьон «донуостаабыттара». Уонна бу о?олорго эрийэн истэбин. Хаста да дьо??ор т?л?пп??нн?? сатаабытым. И?ирдьэ-та?ырдьа буолуоххут, ким да суох буолан и?ээччи.
– Дьэ, тугу кэпсиигин? Лариса, бириэмэ да ырааппыт. Дьонум утуйан эрэллэр. Онон эн би?икки сарсын ханна к?рс??эрбитин бы?аарыахха, – Светлана дьоно ороннорун та?ынан ?р?-та?нары элэ?нэ?эн барбыттарыгар ыксаата.
– Бээрэ, эн т??? ?р буола кэлли?? – Лариса хата холку.
– ?й??н мантан ара?абын. ?лэбэр эрдэ ы?ырбыттар, онон ыксал буолла. Уоппуска?а сылдьыбытым ыраатта ээ. Кэлэн и?эн Гриша дьонугар уонча хоммутум, уолбун онно хаалларбытым.
– Кэм буолуо, эн ыксыыры? биллэр этэ. Оччо?о хайдах буолабыт? – Лариса куола?ыгар ыксыыры? бэрт эбит диэн сэмэлээ?ин и?илиннэ.
– Сарсын эн хайдах бириэмэлээххинэн Кыыс Кырдалыгар к?рс????ххэ, – Светлана ?рт?н былааннаабыт буолан этэ о?уста.
– Кыыс Кырдалыгар даа? Айыкка, бачча куйааска та?ырдьа дуо? – Лариса со?уйуу-?м?р?? б???т?н т??эрдэ.
– Бу ?л?гэр самаан сайын сатыылаан турда?ына ама дьиэ?э хаайтаран олоруохпут дуо? Кыра ы?ык, чэй ылыахпыт. Хонууга олоро т????хп?т буолла?а дии. Дьону? к???лл??ллэр ини?
– Дьэ эн эрэ буола??ын бу о?олор к???лл??ллэр. Чэ с?п. 11 чааска миэхэ к?рс??ххэ. Сарсы??а диэри!
Сарсыныгар Лариса тиэргэнигэр к?рс??эн, хас да сыл к?рс?спэтэх дь??гэлиилэр сиэрдэринэн, омуннаахтык куусту?ан, сылла?ан Кыыс Кырдала диэн ?рэх ?рд?гэр турар айыл?а биир маанылаан о?орбут кэрэ миэстэтин диэки хаамсыбыттара… Уруккуну-хойуккуну, о?о саас, оскуола до?отторун ахты?ан атахтара уруккуттан да кэлэ ??рэммит сиригэр т?ргэнник тиийбитэ.
– Оо, дорообо, Кыыс Кырдала барахсан! На?аа да ахтар сирим буолла?ы? эбээт! – Светлана б?лк?й талахтарынан тулаламмыт кырдалга кыыс о?олуу кылыйбахтаан ылбыта.
– Айыккабыын, куорат ч??чэтэ диэх курдук. Эниэргийэ? б???, аны аэробикалаан барды? дуу? – Лариса, модьу-та?а буолан куйааска хаампытыттан а?ылаабыт ки?и бы?ыытынан, «дьэ олорор сирбин буллум ээ» диэбиттии, ла?ыччы олорунан кэбиспитэ.
Светланалаах Лариса бастакы кылаастан бииргэ ??рэнэн оскуоланы б?тэрбиттэрэ. Уу тэстибэт дь??гэлиилэр этэ. Арай кинилэри, этэргэ дылы, улахан олох аартыгар тахсыы, бэйэ туспа суолун солонор кэм-кэрдии кэлиитэ араартаабыта. Светлана ??рэ?эр ?р?? ?ч?гэй буолан, ол кэмнээ?и сиэринэн совхоз ?лэтигэр хабыллыбакка, тута ??рэххэ киирэ Дьокуускайдаабыта. Оттон Лариса т?р??б?т совхо?ун туругурда, этин-??т?н элбэтэ, уйгутун у?анса ?лэлии хаалбыта. Оскуолаттан до?ордоспут табаарыс уоллаа?а. Онтун армия?а атааран, Светата эмиэ ??рэххэ баран, бастаан чу?куйуох курдук гынан и?эн, оло?ун са?а укулаатыгар ??рэнэригэр тиийбитэ. Биир да ?р?б?лэ да, быраа?ынньыга да суох ферма ?лэтэ с?п о?ороро. Билигин санаатахха, сабыс-са?а оскуоланы б?тэрбит, оччо улахана, к???э, кыа?а суох к?р??нээх нарын-намчы кыргыттар эмискэ ?лэ да б????? тиксэр эбиттэр ээ. Былаан, быры?ыан сырсыыта сэниэлэрин э?эрэ. Эдэр, син доруобай буоланнар тулуйдахтара. ?лэлиэхтээх икки сылын т?м?ктээн дьэ туохха эрэ ??рэммит, идэлэммит ки?и диэн саныы сырытта?ына, табаары?а Виссарион армияттан кэлбитэ. Ахтыспыт эдэр дьон омуннаах со?ус к?рс????лэрэ ыал буолар ту?унан бы?аарыныыга а?албытын ?йд??б?кк? да хаалбыттара. Икки ?тт?ттэн дьонноро «??рэммэккэ ыксаатыгыт» диэн м???ттэн-м???ттэн баран, хайыахтарай, кэскил тэринэр о?олорун сиэр бы?ыытынан тэрийэр т?б?ккэ т?сп?ттэрэ. Виссарион ?рд?к ??рэх ту?унан санаан да к?рб?т этэ, оскуоланы б?тэрэригэр ??рэнэн ылбыт трактор ыытарга бырааптаа?ын килиэбин хааччынар идэлээх курдук хата бэрт холкутук сананара. Онон тута ?лэлээн барбыта. Лариса сотору ыарахан буолан хаалан ??рэнэр ту?унан санаата эмиэ ыраас ыра?а эрэ хаалбыта. Утуу-субуу икки о?олонон баран хата улуус киинигэр продавец-кассир курса а?ыллан, онно ??рэнэн син хамнастаах идэлэммитэ. Онон иккиэн идэлэринэн ?лэлээн, дойдуларыгар олохсуйан олорорго санаммыт дьон бы?ыытынан, с????-ас к?р?нэн быр-бааччы олорон кэллилэр. Лариса ??рэ?ин б?тэрэн баран ?сс? икки уолланан, т??рт о?олоохтор. Икки улахан кыыс оскуоланы б?тэрэн устудьуоннаан ??рдэллэр, уолаттар эмиэ син улаатан оскуола ?рд?к? кылаастарыгар ??рэнэллэр. А?алаах ийэлэригэр дьиэнэн, тэлгэ?энэн к?м?л??х дьон кинилэр.
Светлана о?о эрдэ?иттэн ыра санаа о?остубут эмчитин идэтигэр ??рэххэ киирбитэ. Биллэн турар, ки?и хара?ар быра?ыллар кэрэ сэбэрэлээх эдэр кыыс Сэргэлээх сэргэх оло?ун ????гэр буола т?сп?тэ. Бастакы икки-?с сылга ??рэх сылаалаах, сыраны ылар этэ гынан баран, к??гэйэр к?ннэригэр сылдьар эдэркээн дьон сынньала?ы да сатаан тэринэллэрэ. Светлана урут таптал диэни билбэтэх уу ту?уй с?рэ?э сэмээр ол дьикти, Кинилиин со?уччу к?рс????н? к??тэрэ. Аны кинини а?аардастыы с?б?лээн эрэйдэнэр уол баара. Биир курска ??рэнэллэрэ. Света ?тт?ттэн туох да иэйии суох курдуга. Биллэн турар, ?р?? кини ту?угар кы?алла, к?м?ск??, харыстыы сылдьар ки?илээ?э саныахха ?ч?гэй этэ. Бэйэлэрэ ааттаналларынан, «со?отох туруйа» буолан эрэр дь??гэлэрэ ордугургууллара да?аны. «Гриша курдук уолу булары? биллибэт. Э?килэ суох идеалы к??т?мэ, кэргэн та?ыс», – дииллэрэ. Гриша да Света иннэ-кэннэ биллибэт сы?ыаныттан эрэйдэнэр, ньиэрбинэйдиир да бы?ыылаа?а. Улам-улам кыы?ырсаллара элбээн барбыта. Гриша аны куттаата?а аатыран арыгылыы баран хаалар идэлэммитэ. Оччо?о бииргэ ??рэнэр о?олоро, атын факультекка ??рэнэр Гриша балта Светаны буруйдаан ылаллара. Аны оннук кыы?ырсан, тэйси?эн хааллахтарына, Света бэйэтэ да айманар, долгуйар буолан барбыта. Хайдах эрэ Гриша мэлдьи аттыгар баарыгар ??рэнэн хаалбыта. Эйэлэс-тэхтэринэ эмиэ уоскуйан, аныгыскы кыы?ырсыыга диэри киинэлээн, театрдаан арахсыбакка бииргэ сылдьаллара. Дьи?инэн, Светаны атын да уолаттар интэриэ?иргииллэр, с?б?л??ллэр бы?ыылаа?а, ол эрээри ?р?? Гришаны кытта хаамсарын к?р?нн?р чуга?ыы сорумматтара.
??рэхтэрин б?тэрэн, Сэргэлээхтэн арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Бастакы курстан бииргэ олорбут кыргыттарыттан икки кыыс ыал буолбуттара. Биир кыыстара оскуолатаа?ы табаары?ыгар, иккистэрэ атын факультет уолугар кэргэн тахсыбыттара. До?отторо сэмээр Светалаах Гриша бы?аарыныыларын к??тэллэрэ. Дь??гэлэрэ: «Света с?б?лэспэккэ ити уолу иэдэтэрэ буолуо», – диэн дьиксинэллэрэ. Ол эрээри кыыстара кинилэр к??ппэтэх ?тт?лэриттэн т?ргэнник бы?аарынан, б?тэрэр саастарыгар Гришатыгар кэргэн тахсан, т?ргэн ?л?гэрдик сыбаайбалыы охсон со?уталаабыта. Биллэн турар, Гриша са?а дьоллоох ки?и суо?а. Гриша хирург, Света терапевт идэтин ылан хоту ?лэлии барбыттара. Билигин ол дойдуларыттан куоракка к???н кэлэн олороллор. Кыыстара студентка, омук тылын факультетыгар ??рэнэр, уоллара быйыл 8 кылааска ??рэнэ киириэхтээх.
Светланалаах Лариса хахха сири булан чэйдиирдии тэринэн бардылар. Лариса дьиэлээх, тыа ки?итин сиэринэн а?а-??лэ дэлэй. Бастаан ?гэстэринэн биир кылааска ??рэммит о?олорун, ким ханна баарын, хас о?оломмуттарын, хайдах олороллорун ырытыстылар. Биллэн турар, араас кэпсээннэр, бииртэн биир бэйэ-бэйэлэригэр майгыласпат дьыл?алар тахсан кэллилэр.
– Лариса, ?йд??г?н, ону?у б?тэрэн баран кыргыттар эрэ буолан бу Кыыс Кырдалыгар кэлэн барбыппытын? – Света, ол кэмнээ?и эдэр саа?ын олус к??скэ санаан олорор ки?и бы?ыытынан, дири?ник ???э тыынна.
– Баар бы?ыылаа?а, уопсай поход кэнниттэн уолаттартан кистээн кэлбиппит. Виссарион кэлсэ сатаан б??? буолбутун ?йд??б?н.
– Даа, онно бары к?н кы?ал?ата суох, са?аран к?р?-к?р? к?лэр омуннаах кыргыттар этибит. Оттон билигин хайдах курдук атын хартыынаный… Араас да олохтоох дьон буолбуппут, – Светлана эмиэ ?р? тыыммытын ?йд??б?кк? да хаалла.
– Эн на?аа ностальжилыыр эбиккин дии. Мин то?о эрэ оннук айылаах эдэр сааспын ахтыбаппын. Романтичнайым суох бы?ыылаах, – Лариса дь??гэтин, дьэ са?а ?йд??н к?рб?т ки?и курдук, одуулаан ылла.
– Лариса, эн Виссарио??ун таптыыгын дуо? Чэ, уопсайынан бу сиргэ таптал диэн баар дуо? Туох дии саныыгын? – Светлана ону эрэ к??ппэтэх дь??гэтигэр боппуруос б???т?н кутан кэбистэ.
– Таптал? Оттон баар ини. С?б?лэ?эн, т??рт о?олонон бачча олорон кэллэхпит. Ол ту?унан эчи санаабыт да суох. С?б?лэспэппит буоллар, арахсыбыт буолуо этибит. Оттон эн бэйэ? туох дии саныыгын?
– Таптал, таптал… Мин бу сотору эбээ буолар сааспар тиийиэхпэр диэри ити боппуруоска эппиэт була илик курдукпун. Дь??гэлэрбин кытта арыт эмиэ бу тема?а б?л????ктээн ылабыт да, м?кк??эн-м?кк??эн баран тар?а?абыт. Мин к?рд?хп?нэ, то?о эрэ бары «оттон, араа?а, баар бы?ыылаах» диэн соччо бы?аарыыта суох т?м?ккэ кэлэбит. Сорохтор ити барыта ?й-санаа фантазията, ?йэлээх таптал диэн суох дииллэр, иннилэрин биэрбэттэр.
– Хотуой, Света, оттон эн Гриша?ын таптаан ыал буолан олорор инигит? Саа?ырыаххытыгар диэри «эйигин таптыыбын» дэ?э сылдьыбатаххыт и?ин, эдэр сааскыт иэйиитинэн холбостоххут дии.
– Лариса, ону баара мин кинини ха?ан да таптаабата?ым. Ба?ар, уруккутун курдук, биир тэ?ник сы?ыанна?ан, улаханнык кэлэппэккэ, хомоппокко сылдьыбыта буоллар, таптаан да туруом этэ. Саамай чугас ки?им, о?олорум а?алара буолла?а дии.
– Таптаабата?ы?? Эс, хайдах оннук буолуой, – Лариса чахчы со?уйан дь??гэтин диэки эмиэ бол?омтолоохтук, ыйытардыы к?рб?хт??н ылла.
– Таптала да суох ыал буолан олороллор, сэгээр. Эн ыал барыта Виссарион би?икки курдук олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Ити кыргыттарбыт дьыл?аларын ырытан к?рд?б?т дии. Т??? дьоллоохторуй дьахтар бы?ыытынан? Улахан а?аардара о?олорун эрэ ту?угар олороллор. Бу ыарахан кэм?э онтон атыннык дьа?анар, арахса оонньуур кыахтара суох. ?л?гэрдээх ньиэрбэлэрин бараан, доруобуйаларын с?тэрэн… Мин медик бы?ыытынан биир т?м?ккэ кэлэн турабын: дьахталлар эрэйдээхтэр санааларын оонньоо?уна, дуу?аларын муунтуйуута барыта араас ыарыыга кубулуйан саастарын тухары эрэйдиир эбэтэр кылгас ?йэлиир. Быстах санааттан ол-бу буолаллара да элбэх. Нус-хас олохтоох, этэ??э олорор дьахталлар ыарыыга ылларбаттар. Уопсайынан, би?иги, у?ун баттахтаахтар, дьыл?абыт хайдах эр ки?ини кытта аргыста?арбытыттан улахан тутулуктаах. Лариса, эн ?ч?гэйдик, этэ??э олорору? сирэйгэр-хараххар к?ст?р. Исти? дь??гэ бы?ыытынан ис с?рэхпиттэн эн тускар ??рэбин, «Виссарион маладьыас» диибин. Инньэ диэн тиэрдээр. Лариса, мин хайдах оло?у олорон кэлбиппин эйиэхэ кэпсээбэтэхпинэ, кимиэхэ кэпсиэмий? О?о эрдэхпиттэн чугас ки?им буолла?ы?. Маннык налыччы к?рс?бэтэхпит да ыраатта. Тастан к?р??гэ мин са?а дьоллоох, барыта бары табыллыбыт дьахтар суо?а буолуо. Ол эрээри, истэр буоллаххына, кэпсиим. Хайдах эрэ а?ыллыахпын, санаабын сай?ыахпын ба?арабын. Олус дьоло суохпун диэн эмиэ санаммаппын. Эмиэ «араа?а» диирбэр тиийэбин, тапталы, араа?а, к?рс?н ааспыппын, дьол т?гэнин билбиппин. Ол дьыл?ам бэлэ?э буолбут к?рс????нэн к?н б?г???э диэри санаабын сырдатынан сылдьабын. ?ск?т? мин олохпор ол дьол т?гэнэ кэлэн ааспата?а буоллар, барыта чу?кук, сиэрэй да буолуо эбит, – Светлана, кэпсиибин дуу, суох дуу диэбиттии, дь??гэтин диэки к?р?н ылла.
– ?сс? атын таптал баар дуо, хотуой? Кэпсээ, Света, кэпсээ.
– Ба?ар, эн билигин истэргэр солуута да суох со?ус кэпсээн буолара дуу. Билбэтим. Ол эрээри, чэ, и?ит. Эдэр сааспыт би?игэр – Кыыс Кырдалыгар да ?ктэммиччэ ностальжилыым. Мин ол сайын манна дойдубар практикалана кэлбитим. Улуус киинигэр балыы?а?а сиэстэрэлээн сайылаабытым. Эн манна иккис кыыскар уоппуска?а олорор эти?. Элбэх сыл ааспытын кэннэ санаатахха, ол мин олохпор ха?ан да хатыламмат, умнуллубат кэрэ сайын ааспыт эбит. Бы?ата, Виталий диэн уоллуун билсибитим. К?рд? к?р??т, с?рэхпин туттарбытым. Оруобуна таптал ту?унан ыралана саныыр буолуохпуттан идеал о?остор уолбар маарынныыра. Дьикти уйа?ас ба?айытык к?р?р арылхай харахтаа?а, исти? бэйэлээх мичээрдээ?э. Аны хас да ки?и бэлиэтээн эппитинэн, бэйэ-бэйэбитигэр олус маарынна?ар ???б?т. «Ити убайы? дуу, табаары?ы? дуу?» – диэн ыйыппыттаахтар. Ону баара дьыл?абыт би?иэхэ к?н сиригэр к?рс??эн аа?арга бэрт а?ыйах да к?н? анаабыт эбит. Ол а?ыйах к?мм?т?н, ?р?? т??ннэрбитин, ха?ан да арахсыа суох дьон курдук, сиэтти?э сылдьан атаарбыппыт. Кини армияттан са?а кэлбит этэ, атын улууска училище?а туттарса бараары бэлэмнэнэрэ. Арахсар к?мм?т-дьылбыт чуга?аабыта. Биир киэ?э манна дьиэбэр кэлэн у?ун киэ?эни бы?а сыттыгым илийиэр диэри арахсарбытыттан айманан хара?ым уутунан сууммутум. Бэйэм бэйэбиттэн с?хп?т?м. Уолтан, тапталтан ытыам диэн ха?ан да санаабат этим. Араа?а, букатыннаахтык тэйсэрбитин биттэнэн эрдэттэн олус айманна?ым буолуо.
??рэххэ барарыгар авиапорка атаарбытым. С?рэ?им ыарыылаахтык н??л?йэн эрэ хаалбыта, тулам барыта кураанахсыйа т?сп?тэ. Суруйсуох буолбуппут да, хайдах эрэ букатыннаахтык арахсан эрэрбитин сэрэйэр курдугум. А?аардастыы айманан, санаабар дьоллоох к?ннэрбин сылаанньыйа саа?ылаан ол сайыны атаарбытым. ?р?с кытылыгар киирэн кэллэхпинэ, ахтыл?аным ?сс? к??скэ киирэрэ. Би?иги теплоходунан айаннаан и?эн билсибиппит. Ол кыра теплоходу билигин к?рд?хп?нэ, Виталий би?икки «Титаникпыт» дии саныыбын. Аргыый, мичээрдии-мичээрдии, утары хааман и?эрин ?йб?р о?орон к?р?н, онтубуттан дьоллонон, аргыый долгуйа устар эбэбин одуулаан ??р-?р олорорум.

Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539745) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.